Киир

Киир

Муус устар 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлээх үлэһит династиялары эҕэрдэлээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов кытынна. Бастыҥ үлэһит династия Ытык кинигэтигэр киирэр Туоһу суругу 10 дьиэ кэргэн ылла:

- Аллайыаха улууһуттан Фоминнар-Ефремовтар династиялара – барыта 334 сыл ыстаастаах үөрэҕирии үлэһиттэрэ;
- Нерюнгри оройуонуттан Рудыхтар династиялара  – барыта 223 ыстаастаах энэргиэтикэ үлэһиттэрэ;
- Өлүөхүмэ улууһуттан Белыхтар-Габышевтар династиялара  - барыта 365 сыл ыстаастаах тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ;
- Үөһээ Бүлүү улууһуттан Алексеевтар династиялара – барыта 714 сыл, онтон педагогикаҕа – 423, ыстаастаах үөрэҕирии үлэһиттэрэ;
- Горнай улууһуттан Филипповтар династиялара – барыта  346 сыл ыстаастаах үөрэҕирии үлэһиттэрэ;
- Ньурба улууһуттан Третьяковтар династиялара – барыта  257 сыл ыстаастаах доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ;
- Таатта улууһуттан Соломоновтар династиялара – барыта 159 сыл ыстаастаах таас чоҕу хостуур салаа  үлэһиттэрэ;
- Томпо улууһуттан Погодаевтар династиялара – барыта 300 сыл ыстаастаах таба иитэр салаа үлэһиттэрэ;
- Хаҥалас улууһуттан Платоновтар династиялара – барыта 644 сыл ыстаастаах үөрэҕирии үлэһиттэрэ;
- Орто Халыма улууһуттан Булдукиннар династиялара
– барыта 285 сыл ыстаастаах таба иитэр салаа үлэһиттэрэ.

Маны сэргэ, тэрээһиҥҥэ СӨ идэлээх сойуустарын бэдэрээссийэтэ тэрийбит «2023 сыл бастыҥ кэлэктиибинэн дуогабара» күрэҕин кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Ол түмүгүнэн «Саха» НКИХ, Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ киинэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Рассолода орто оскуолата, «Полярные авиалинии» авиа хампаанньа, Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ уонна Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота бастыҥ кэлэктиибинэн дуогабардаах тэрилтэлэринэн ааттаннылар.  

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй