Киир

Киир

Хоту дойду айылҕатын биир дьикти көстүүтэ - муустаах ууттан от үүнэн тахсан эрэрэ( кылыс).

Биһиги хотулар олоххо тардыһыыбыт манныкка майгынныахтаах. Оччоҕо эрэ маннык тыйыс дойдуга олоҕу олоро сатыыр күүс-күдэх, сатабыл баар буолуон сөп. Оннук тардыһыы биир күүһэ сири иччилээһиҥҥэ сытар диэхпин сөп.

Дьэ, ол хайысхаҕа, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө наада. Холобур, билигин ынах уонна биэ төбөтүгэр бэриллэр харчы сири иччилээн олороргутугар бэриллэр диэн статуһа уларыйыан сөп. Арассыыйа, Саха сирэ эрчимнээхтик сайдар кэмнэрэ кэллэҕинэ, син биир биһиги ирбэт тоҥ сирбитин харыстыыр эбии дьаһаллар ылыллаллара өйдөнөр. Онно биир дьаһал хайысхата саха сылгытын уонна саха ынаҕын киэҥ сиринэн тарҕатыыны көҕүйэр дьаһаллар, ол иһигэр харчынан өйөбүл( аныгылыы дьиэ-уот уонна д.а.) буолуохтарын сөп. Дьэ, хоту хорсун-хоодуот эр бэртэрэ ылсыахтарын сөп этэ.

Эппиэтинэс киһини сайыннарар аналлаах, элбэх түбүгү эрэйэр. Буолаары буолан, ийэ сир иннигэр. Дьэ, ол туһугар бу дьон, оҕо-уруу төрөтөн, тэнийэн бараллара сатанар курдук.

Степан Слепцов. Үөһээ Халыма