Киир

Киир

Дьокуускайга, маассабай тэрээһиннэр кыттыылаахтарын харыстыыр сыалтан, пилота суох аппараттары көтүтүү (БПЛА) бобулунна.

Маны сэргэ, саҥа ирдэбил, быраабы көмүскүүр уорганнар үлэлэрин харгыстыыр тэриллэри көҥүлэ суох туһаныыны тохтотор соруктаах. Онон, пилота суох аппараттары көҥүлэ суох туттуу сокуону кэһии быһыытынан  административнай уонна холуобунай эппиэтинэскэ тардар. Ону таһынан, көҥүлэ суох көппүт аппараттары былдьыахтара.   

РФ Административнай кэһии туһунан кодексын «Нарушение правил использования воздушного пространства» 11.4. ыстатыйатын кэһии иһин гражданин 20-тэн 50 тыһ. солкуобайга тиийэ ыстарааптаныан сөп. Өскөтүн ирдэбили дуоһунастаах киһи кэспит буоллаҕына, ыстараап кээмэйэ  100-тэн 150 тыһ. солкуобайга тиийиэн сөп. Оттон тэрилтэ кэспит буоллаҕына,  250-тан  300 тыһ. солкуобайга диэри ыстарааптанар эбэтэр үлэтин 90 күҥҥэ диэри тохтоторго күһэллэр.

Сонун төрдө: Yakutskcity.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар