Киир

Киир

Ыам ыйын 16 күнүгэр РФ Госдууматын дьокутааттара бэйдиэ сылдьар кыыллары дьаһайыы бэрээдэгин регион боломуочуйатыгар биэрэр сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга көрөөрү бэлэмнэнэр. 

Саха сиригэр ордук бэйдиэ сылдьар ыттар кутталы үөскэтэллэр. Бу кыһалҕаны дьокутааттарбыт, былырыын киин куоракка ыттар ыал ийэтин сиэхтэриттэн, сэмэйдик да буоллар, туруорса сатаабыттара да, кыайбатахтара. Арай быйыл ыт үөрэ Оренбурга аҕыс саастаах оҕону сиэбитин кэннэ биирдэ күүстээх хамсаныылары оҥорон саҕалаатылар.

Саха сиригэр киһи быраабын боломуочунайа Сардаана Гурьева «ыт боппуруоһа» регион туһатыгар быһаарыллыан баҕарарын туһунан санаатын эппит:  — Киһи быраабын боломуочунайа мэлдьи федеральнай сокуону тутуһан үлэлиэхтээх. Ол да буоллар, биһиги «ыт боппуруоһун» быһаарарга туһааннаах миэрэлэри ылбыппыт. Бэйдиэ сылдьар ыт төһө кутталлааҕын быһаарыыга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэйдиэ ыт ахсаанын ааҕыыга сыһыаннаах нуормалаах икки акты оҥорбуппут, ыты босхо ыытыы иһин ыстарааптары үрдэппиппит. Хомойуох иһин, бу миэрэлэр кыһалҕаны быһаарар кыахтара кыра, — диэн кини быһаарбыт. 

Маны сэргэ Сардана Михайловна бэйдиэ сылдьар ыттар, саба түһэллэрин таһынан, ыарыыны тарҕаталларын бэлиэтээбит. Ол курдук, аҕата, ыттан эхинококкоз диэн ыарыыга сыстан, эдэр сааһыгар суох буолбут. 

«Ыт боппуруоһун» быһаарар саҥа сокуон бырайыага олоххо киирэн эрэр диэн этэргэ билигин эрдэ. Бэйдиэ сылдьар ыттары гуманнайдык дьаһайыы туһунан этиилэр Госдуумаҕа урут даҕаны элбэхтик этиллибиттэрэ. Биллэн турар, ону кыыллары көмүскээччилэр, киһи олоҕунааҕар ыт олоҕун өрө тутааччылар адьас аһардыбатахтара. Кинилэр билигин даҕаны күүскэ утарылаһар санаалаахтар.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй