Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччулара ыһыы уонна хомуур үлэтигэр туттуллар 19 тиэхиньикэни лизинг төрүтүгэр ылбыттар. “Росагролизинг” АУо чэпчэтиилээх бырагырааматыгар киирсэн ылыллыбыт тиэхиньикэтэ 8 оройуоҥҥа тиийэр буолбут. Ылыллыбыт тиэхиньикэ уопсай суумата 79 мөл. солк. буолбутун олохтоох ТХМ иһитиннэрэр.
Ол курдук, Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Нам, Хаҥалас, Сунтаар уонна Дьокуускай 6 тыраахтары (о.и.” МТЗ-1221” 4 тыраахтар, “РСМ 2375” мааркалаах 2 тыраахтар), “Вектор-410” бурдук хомуйар 3 комбайны, хортуоппуй хостуурга туттуллар 1 комбайны, ыһыыга туттуллар гибридтиҥи тииптээх SH-8200/АТ-8 диэн мааркалаах икки тэрил кэмпилиэгин, 1 БДТ-7,62 "ЗВЕЗДА"диэн боромньуну ылар буолбуттар.
Билиҥҥитэ итинтэн Амма улууһун “Амгинскай” ХЭУо-ҕа анаммыт “РСМ 2375” мааркалаах тыраахтары, Амма “Амгинскайдааҕы”, Хаҥалас “Хачыкаат” ТХПК-тыгар барар ыһыыга туттуллар “SH-8200/АТ-8” диэн икки тэрили уонна “Хачыкаат” диискэлээх боромньута кэлбит. Хачыкааттар РСМ 2375 мааркалаах тыраахтардара айаннаан иһэр. Уоннааҕыта собуот оҥорон таһаардаҕына, хомуур үлэтигэр туттуллар гына, хойутуу кэлиэхтээх.
Лизинг бастакы уонна лизинг уопсай төлөбүрүгэр уонна аҕалтарыыга көрсүбүт, ыытыахтаах төлөбүрдэрин сабыналларыгар анаан, хаһаайыстыбаларга бэриллэр субсидия кээмэйэ дьиҥ төлөммүт уонна төлөнүөхтээх суумаларын 95 % - тан үрдээбэт. Судургутук быһаардахха, хаһаайыстыбалар түмүгэр үүнээйи салаатыгар туттарга ылбыт тиэхиньикэлэрин уонна тэриллэрин 5 эрэ % - нын бэйэлэрэ уйуналлар.
Бэртээхэй көмө буолбаат?
Татьяна Захарова-Лоһуура.