Киир

Киир

Бэҕэһээ бар дьон дьокутаата Мария Христофорова Хабаровскай кыраай Нелькан сэлиэнньэтиттэн муус устар 3 күнүгэр Дьокуускайга айаннаан кэлбит табалары көрө, билигин туох кыһалҕа баарын билсэ Карамзиннар уонна Ильиновтар тохтообут сирдэригэр тиийэ сырытта. Табалар барахсаттар ыам ыйыттан саҕалаан этэҥҥэ сэттэ тугуту төрөтөн, хаһаайыттар үөрүүлэрэ улахан.

tugut4

Ол курдук, ыам ыйын 3 күнүгэр бастакынан тыһы тугут төрөөбүтэ. Киниэхэ «Кындыкан» бырайыак салайааччыта Илан Кындыкан аатын биэрбиттэрэ. Араҥаччытын батан, Кындыкан соҕотоҕун кытархай өҥнөөх уонна үрдүк уҥуохтаах буолбут.  Кини кэнниттэн Кыайыы күнүн иннинэ төрөөбүт атыыр тугуту «Кыым»  хаһыат аатынан Кыымчаан диэн ааттаабыттара. Кини хараҥа өҥнөөх уонна, доҕорун - хаһыаты батан, сүрдээх элбэх саҥалаах уонна хоодуот майгылаах.

tugut3

Мария Николаевна кырдьаҕас табаһыттары Евгения уонна Николай Карамзиннары кытта кэпсэтэн, табалары уулатыыга улахан уустуктар үөскээбиттэрин биллэ. Кыыллары барыларын 300 миэтэрэ тэйиччи турар күөлгэ илдьэн уулатыы кыаллыбат. Онон суһаллык күөлтэн уу хачайдыыр турбаны тардыы ирдэнэр. Бу кыһалҕа сотору кэминэн быһаарыллыа диэн эрэнэбит.

tugut5

tugut2

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар