Киир

Киир

Бэҕэһээ, Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Дьокуускайга «Киин» киинэ тыйаатырын кэннинээҕи искибиэр сибэккинэн симэммитин элбэх киһи көрбүт буолуохтаах. Бу Үлэ бэтэрээннэрэ уонна Киин уокурук көхтөөх олохтоохторо 26 №-дээх оскуола үөрэнээччилэрин кытта  олордубут сибэккилэрэ.  

Киин уокурук бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Дмитриева тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин искибиэрэ Киин уокурук бэтэрээннэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн тутуллубутун бэлиэтээтэ.

«Педагога уонна уһуйааччы, ону сэргэ Үлэ сылыгар биһиги оскуола оҕолорун кытта сибэкки олордубуппутуттан үөрэбит. Искибиэри «Зеленый рай» экология хампаанньата көрөр-харайар буолбута олус үчүгэй. Ол аата сибэккилэр сайыны быһа дьон хараҕын үөрдүөхтэрэ. Манна 20 кэриҥэ бэтэрээн кэлэн көмөлөстө. Балар ортолоругар тыыл бэтэрээнэ Мордвинова Надежда Митрофановна баар. Куораппыт күөҕүнэн симэнэрин, тупсарын туһугар бары кыһаллыаҕыҥ», - диэн бэтэрээн бар дьону ыҥырда.

WhatsApp Image 2023 06 01 at 13 1

Эрэдээксийэттэн: Бу искибиэргэ күнүстэри-түүннэри оҕо, ыччат бөҕө мустар. Үгүстэрэ бу туох искибиэрэ буоларын билбэт буолуохтаахтар. Ол да буоллар, сибэккилэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтара диэн эрэнэбит. 

Бэйэ кэр.

 

Бүтэһик сонуннар