Киир

Киир

Быйыл "СӨ тыллары харыстыыр уонна сайыннарар тосхолугар" 50 бырайыак киирбитэ. Олор хайдах туолан иһэллэрин бэҕэһээ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников салайааччылаах Тыл сүбэтин мунньаҕар көрдүлэр.

Бырайыактар истэригэр саха тылын сертификациятын киинин тэрийии, төрөөбүт тыллары үөрэтэр «Төрүт тыллар» платформаны, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларынан аан дойдутааҕы «ilken.news» омуктуу тылбаастаах сонун порталын, тыллары үөрэтэр сыһыарыылары айан оҥоруу бааллар.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын үөрэтэр интерактивнай түмэлгэ электроннай бибилэтиэкэ тэриллэр, тыллары үөрэтэр контент хомуллар.  

«Саха» НКИХ ханаалыгар оҕо биэриилэрин, төрөөбүт тылларынан өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култууратын уонна үгэстэрин көрдөрөр ойуулуктары оҥоруу салҕанар.

Маны сэргэ диалектологическай, социолингвистическай уонна топонимическай эспэдииссийэлэр, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар тылларыгар мониторинг, нуучча тылыгар научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллаллар.

«Нуучча устьетын остуоруйалара-2» истэр сыһыарыылаах ойууламмыт хомуурунньук, салааларынан тиэрмин тылдьыттара,  «Нууччалыы-сахалыы юридическай тылдьыт: холуобунай быраап уонна бырассыас тиэрминнэрэ» тылдьыт, «Өрөспүүбүлүкэ топонимнарын тылдьыта: нэһилиэнньэлээх пууннар, оройуоннар, улуустар, нэһилиэктэр» (нуучча тылынан) тылдьыт уонна да атын тылдьыттар, ыйынньыктар, үөрэтэр-мэтэдьиистии босуобуйалар,  социальнай суолталаах литэрэтиирэ бэчээттэнэллэр.

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын тарҕатыыга туһаайыллыбыт бырайыактарга Ил Дархан граннарын туттарыахтара.

Мунньахха Хаҥалас улууһа таска ыйанар суруктарын, тэрилтэлэр ааттарын, сирдэр ааттарын «СӨ тылларын туһунан» сокуонугар сөп түбэһиннэрэн оҥорор, улуус географическай эбийиэктэрин ааттарын каталогун бэлэмниир үлэтин кэпсээтилэр.  

Санатар буоллахха, 2022 сылга Тыл тосхолугар 56,6 мөл. солк. көрүллэн 38 бырайыак олоххо киирбитэ. Бу сылга Ил Дархан Айсен Николаев үбүлээһини 100 мөл.солк. тиэрдэргэ быһаарбыта.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй