Бэс ыйын 22-24 күннэригэр Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы «Саха сирэ уонна Кытай провинциялара: сыһыаны күүһүрдэр туһугар бырааттыы ситими олохтооһун» форум ыытыллыаҕа.
Манна Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин 11 куоратын уонна уокуругун, Хабаровскай куоракка Кытай генеральнай консульствотын дэлэгээссийэлэрэ, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэлэр, дьыалабыай, билим уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыахтара.
Форум чэрчитинэн «Партнердуу сыһыан күүһэ: уһун кэмнээх ситиһии туһугар үлэлэһии» пленарнай мунньах, инвестицияҕа, бырааттыы сыһыаны күүһүрдүү, туризмҥа уонна успуорка аналлаах төгүрүк остуоллар буолуохтара. Маны сэргэ, тэрээһин барылыгар Федерация Сэбиэтин иһинэн үлэлиир Эдэр сокуону оҥорооччулар палаталарын мунньахтара киирэн турар.
Форум түмүгүнэн Саха сирин уонна Кытай муниципалитеттарын икки ардыгар үлэлэһии хайысхаларын элбэтэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсиэхтэрэ.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата