Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан биһиги судаарыстыбабыт сүрүн бырааһынньыгынан – Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларация ылыллыаҕыттан Аҕа дойдубут устуоруйатыгар саҥа түһүмэх кэм саҕаламмыта. Онтон ыла бу күн биһиги Ийэ дойдубут сүүс араас омуктаах норуотун биир санааланыытын уонна сомоҕолоһуутун, үйэлээх үгэстэрин уонна духуобунай сыаннастарын кэрэһилиир.
Бүгүн биһиги, Россия Федерациятын 89 субъегын олохтоохторо, дойдубут инники кэскилин туһугар эппиэтинэспитин өйдөөн туран, бу бырааһынньыгы бэлиэтиибит. Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ Ийэ дойдубут модун кыаҕын бөҕөргөтүү кыайыы дьыалатыгар хас биирдиибит киллэрэр кылаатыттан тутулуктаах. Аҕа дойдуну неонацистартан көмүскээһиҥҥэ Саха сирэ дьоһун көмөнү оҥорор.
Инникитин биһиги дойдубутун, улуу Россия бары эрэгийиэннэрин киэҥ кэскил күүтэр! Бары тургутуулары чиэстээхтик туорааммыт, былааннаабыппытын барытын олоххо киллэриэхпит диэн бигэтик эрэнэбин.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ саҥа кирбиилэри уонна айар-тутар үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны уонна уҕараабат эрчими, эйэлээх халлааны уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын! Россия күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев