Бэс ыйын 19-20 күннэригэр киин куоракка регионнар икки ардыларынааҕы «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт олохтоохтор төрүт билиилэрин харыстааһын» диэн билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ ыытыллар. Бүгүн сүрүн мунньах бырабыыталыстыба дьиэтигэр саҕаланна.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин, Индия, Москуба, Санкт-Петербург, Йошкар-Ола куорат учуонайдара, эспиэрдэрэ, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, култуура, үөрэх, сырдатар-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрэ кытталлар. Модератордарынан СӨ Тас сыһыаҥҥа уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин, ЮНЕСКО «Информация для всех» бырагырааматын Арассыыйатааҕы кэмиэтиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анастасия Паршакова (Санкт-Петербург) буолаллар.
Бэс ыйын 20 күнүгэр «Популяризация и сохранение языков коренных малочисленных народов РФ как актуальное и важное направление по сохранению культурного наследия нашей страны» дискуссиялыыр былаһаакка, «Цифровизация языкового и культурного наследия коренных народов Севера» сиэксийэ, ону сэргэ маастар-кылаастар буолуохтара. Кэмпириэнсийэ кэмигэр Саха сирин норуоттарын тылларынан таһаарыылар биһирэм быыстапкаларын туруоруохтара.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата.