Мииринэй оройуонугар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы айылҕа гааһыттан гелийы арааран ылар комплекс тутуллуоҕа. Ол туһунан үс өрүттээх сөбүлэҥи ПМЭФ (Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экономическай форум) кэмигэр түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев уонна «ДББ» ХЭТ салайааччыта Андрей Дубовсков илии баттаатылар.
Гелий аныгы бырамыысылыннаска: мэдиссиинэ тиэхиньикэтин, оборона тэрилин, ааҕар-суоттуур, кээмэйдиир тиэхиньикэни, уунан устар ааллары оҥорон таһаарыыга, космос салаатыгар, авиацияҕа киэҥник туттуллар. Бородууктаны ис ырыынакка уонна чугастааҕы тас дойдуларга атыылыахтара.
Комплекс Орто Ботуобуйаҕа ниэп-гаас хостонор сиригэр тутуллуоҕа. Гелийы оҥорон таһаарыы 2025 сылга саҕаланыахтаах. Сылга 4 млн м³ ылар соруктаахтар. Онон гелийы оҥорон таһаарыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эбии үбү-харчыны киллэрэр, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарар чинчилээх.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата.