Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи төгүрүк остуол резолюцията

Быйыл бэс ыйын 24 күнүгэр Туймаада ыһыаҕын кэмигэр 20-с №-дээх “Кымыс кырдала” түһүлгэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев бирииһигэр өрөспүүбүлүкэ кымысчыттарын бэстибээл-куонкуруһа буолаары турар. Бэс ыйын 19 күнүгэр ити дьоро тэрээһини көрсө, П.С. Ефремов салайааччылаах “Туймаада” агрохолдинг көҕүлээһининэн, норуот дьокутаата Мария Христофорова кыттыгас тэрийиитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “СӨ кымыһы оҥоруу сайдыытын тутаах боппуруостарын туһунан” диэн киэҥ ыҥырыылаах төгүрүк остуол буолан ааста.

1687311587656

Кымыһы оҥорууга, билим чинчийиилэригэр, кымысчыттар-сылгыһыттар кыһалҕаларыгар-ситиһиилэригэр, о.д.а. суолталаах боппуруостарга анаммыт кэпсэтиигэ СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Артем Александров, СӨ Урбааҥҥа министиэристибэтин Урбаан сайдыытыгар отделын сүрүн исписэлииһэ Дьулустаан Петров, СӨ Үөрэххэ министиэристибэтин аһылыкка исписэлииһэ Нарыйа Петухова, Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аргарнай бэлитиикэҕэ кэмитиэтин салайааччыта Андрей Находкин, СӨ Аһылык технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин салайааччыта Розаида Гудуева, ЯНИИСХ билимҥэ сүрүн үлэһитэ Михаил Неустроев, “Туймаада” агрохолдин салайааччыта Петр Ефремов, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга салайааччыта Андрей Ноговицын, “Арчы Дьиэтин” салайааччыта Лариса Андреева, фтизиатр-быраас, “Фтизиатрия” билим-быраактыка киинин учуонай сэкирэтээрэ Екатерина Павлова, ВКС нөҥүө Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, араас улуус бэрэстэбиитэллэрэ уонна, биллэн турар, кымысчыттар бэйэлэрэ кытыннылар. Кэпсэтиини саха кымыһа аан дойду таһымыгар тахсарыгар кырата суох өҥөлөөх, 2014 сыллаахха Туймаада ыһыаҕар ыытыллыбыт кымыс Гиннесскэ киирэр рекордун биир тутаах сүрүннээччитэ уонна тэрийээччитэ, норуот дьокутаата Мария Христофорова иилээн-саҕалаан ыытта.

Мунньахха кэлбит дьон бары бэйэлэрин үлэлиир эйгэлэрин уопутуттан, холобуруттан, туох ситиһиилээҕиттэн уонна кыһалҕалааҕыттан үллэһиннилэр. Ол кэннэ тэрээһин кыттыылаахтара “Арчы Дьиэтин” салайааччыта Л.К. Андреева, ЯНИИСХ лабаратыарыйатын билимҥэ сүрүн үлэһитэ М.П. Неустроев, СӨ Аһылык технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин салайааччыта Р.П. Гудуева, СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччыта А.А. Александров уонна кымысчыттар санааларын, этиилэрин истэн баран, маннык быһаарыыны ылыннылар      

Мунньах кыттыылаахтара Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтигэр биэ кымыһын үрдүк социальнай суолтатын учуоттаан туран, маннык быһаарыыны (резолюция) ылыннылар: 

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр 2023 с. иккис аҥаарыгар 2002 с. алтынньы 17 күнүгэр ылыныллыбыт 64-З уонна 465-II №-дэрдээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кымыһы оҥорон таһаарыы туһунан” СӨ сокуонун туолуутун туһунан” Бырабыыталыстыба чааһын тэрийэр туһунан этиини киллэрэргэ;

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыттан (А.В. Тарасенко) “2002 с. алтынньы 17 күнүгэр ылыныллыбыт 64-З уонна 465-II №-дэрдээх “СӨ кымыһы оҥорон таһаарыы туһунан” сокуоҥҥа уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан” сокуон бырайыагын көрөрүгэр көрдөһөргө;

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин интэриэстээх толоруулаах былааһын уорганнарыгар маннык этиилэри киллэрэргэ:

3.1. “2020-2024 сс. тыа хаһаайыстыбатын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын ырыынагын, сырьетун уонна аһын-үөлүн сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа кымыс оҥоһулларыгар анаан, ол иһигэр Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын билим-чинчийэр институтун лабаратыарыйата оҥорон таһаарбыт микробтаах аһытыытын туһанан, ыаныллар биэ үүтүн кээмэйин элбэтэри көҕүлүүр мэхэньиисимнэри оҥорон киллэрэргэ;

3.2. “Якутский кымыс” национальнай аһы оҥорон таһаарарга уонна ону бырамыысыланнай таһымныырга анаан нормативнай-тэхиниичэскэй документацияны оҥорорго;

3.3. Саха кымыһын эмтээх, доруобай аһылык быһыытынан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай атыы тиһигэр киллэрэн атыылыыр (батарар) усулуобуйаны тэрийэргэ.

4. Муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын баһылыктарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Горнай улууһа” муниципальнай оройуон 1 лиитэрэ биэ үүтүгэр 100 солкуобайы көрөр холобуругар олоҕуран, биэ үүтүн бэлэмнээһини үбүнэн-харчынан өйүүр мэхэньиисими олоххо киллэрэргэ;

5. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтигэр СӨ ГБУ Е.А. Андреев аатынан “Фтизиатрия” билим-быраактыка киинин уонна кини аннынан үлэлиир мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр стационар усулуобуйатыгар эмтэнэр пациеннар рационнарыгар биэ кымыһын киллэрэр туһугар, биэ кымыһын атыылаһарга үп-харчы тыырыллар кыаҕын үөрэтэн көрөргө;

6. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэхтээһиҥҥэ уонна билимҥэ министиэристибэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин биэни иитэр уонна биэ үүтүн ыан кымыс оҥоруутунан дьарыктанар аграрнай хайысхалаах оскуолаларын үбүнэн өйүүр анал мэхэньиисими көрөргө;

7. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэ кымыһын уонна аһытыллыбыт үүттэн бородууксуйаны оҥорууга идэтийэр дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын өйүүр, оҥорон таһаарыыга туттуллар оборудованиены атыылаһар тустаах дьаһаллары ылынарга.

1687311560234 1

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара ити быһаарыы бу сылы ааспакка олоххо киирэригэр сүбэлээн туран, мунньаҕы түмүктээтилэр. Төгүрүк остуол туһунан сиһилии, дириҥэтэн суруйууну “Кыым” хаһыат бэс ыйын 22 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

Тэрийэр сүбэ.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар