Киир

Киир

“Политджойстик” диэн 200 тыһ. сурутааччылаах телеграмм-ханаал Арассыыйа бэрэсидьиэнэ күбүрүнээтэрдэри кытта тиһэх көрсүһүүлэрэ эрэгийиэннэр аармыйаны хайдах өйүүллэрин Путин тус бэйэтинэн хонтуруоллуурун көрдөрөр диэн кэпсээтэ.

Арассыыйа эбэ хотун сонуннарын киэҥ эйгэтигэр биһиги Сахабыт сирин туһунан өссө тугу кэпсээбиттэрий?

...Сорох эрэгийиэҥҥэ АБДь соруктарын, кыһалҕаларын быһаарар кыахтаах тэриллэри, таҥаһы-сабы, аһы-үөлү оҥорор производстволары кэҥэппиттэр. Дроннары таһынан атын анал тиэхиньикэни оҥорууга ылсан барбыттар.

Уһук Илиҥҥэ итинник хайысханан үлэлиир тэрилтэ элбээбит. Саха сирин сатабыллаах дьоно аармыйа наадатыгар хайа да сиринэн иҥнибэккэ сылдьар 50  вездеход квадроцикллары оҥорон биэрбиттэр.

АБДь барар сиригэр Уһук Илинтэн оҥорбуккун түргэнник тиэрдэр, байыаннай драга түргэнник тиксэрэр тэрийэр үлэ улахан суолталаах. Итиниэхэ Саха сирэ Донбаска байыаннайдарга көмө тиэрдэр тирэх пууннар ситимнэрин тэрийбитэ. Онон инники кирбиигэ байыаннайдар наадыйыылара: анал тиэхиньикэттэн аска-үөлгэ диэри көмө түргэнник тиэрдиллэрэ байыастар олохторун быыһыырга улахан оруоллаах.

Саха сирин тирэх пууннара байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмөнү оҥорор систиэмэтигэр киирэн көмөлөһөллөр. Бу тэрээһини Арассыыйа Стратегическай Сайдыытын Ааҕыныстыбатын (АСИ) эспиэрдэрэ үрдүктүк сыаналаабыттара. АСИ сыыппара платформата Саха сирин уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатыыга ылбыта.

Саха сирэ, Ил Дархан Айсен Николаев байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр кыһамньытын Владимир Путин үрдүктүк сыаналаабыта. Инники кирбиигэ сылдьар байыастарга кэлим көмөнү оҥорууну тэрийии,  чахчы, улахан суолталаах.

Бэй. кэр.