Киир

Киир

Бу туһунан нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ СӨ Уйулҕа киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.


“Биһиги кииммит исписэлиистэрэ бааһыран, араанньы буолан Доннааҕы Ростовка госпитальга сытар байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөспүттэрэ ый кэриҥэ буолла”, – диир Владимир Скрябин. Психологтар этэллэринэн, Саха сириттэн сылдьар буойуннарга төрөөбүт тылынан кэпсэтэр кыах улахан өйөбүлү биэрэр. Уйулҕа киинин үлэһиттэрэ байыаннай сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэннэрин уонна чугас дьоннорун кытта биирдиилээн даҕаны, бөлөҕүнэн даҕаны үлэлэһэллэр. Ол курдук, сулууспалаахтар туохха түбэспиттэрин, бииргэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторун уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү туһунан кэпсэтэллэр.

Маны таһынан, Владимир Скрябин бу нэдиэлэҕэ Москубаҕа Саха сирин психологтарын бастакы бөлөҕө клиническэй психологияҕа идэтийиигэ бэлэмнэниини бүтэрэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо буолар ыарахан түгэннэргэ бэлэмнээх уопуттаах исписэлиистэргэ наадыйыы тохтуоҕа. Гражданнар реабилитацияны ааһалларыгар даҕаны туһалаах буолуо.
Бэлиэтээн эттэххэ, психолог учуокка туруорбат, хас биирдии киһини кытта туспа үлэлиир.

Маны тэҥэ байыаннай сулууспалаахтарга анаан психологическай өйөбүл чат-бота үлэлиир, кини аатын бу нүөмэринэн билсиэххэ сөп: 8-800-100-35-50.
Хас биирдии киһи 122 эбэтэр 8-800-100-35-50 эрийэн санаатын этиэн, өйөбүл ылыан сөп. Сирэй көрсөн консультация ыларга, о.и. улуустарга эмиэ бу нүөмэринэн билсиҥ: 31-91-09.
Көмө ыларга өссө оройуоннааҕы СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмө оперативнай бөлөҕөр тахсыахха сөп.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата