Атырдьах ыйын 2 күнүгэр “Сообщество” эрэгийиэннээҕи пуорум чэрчитинэн “СВО кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйөөһүн. Гуманитарнай, социальнай көмөнү уонна босхо юрист сүбэтин оҥоруу” диэн тиэмэҕэ дискуссия буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ федеральнай эспиэрдэр, былаас толоруулаах уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна салайааччылара, Арассыыйа араас субъектарыттан уопсастыбаннай түмсүүлэр кытыннылар.
Кэпсэтии СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэ тылыттан саҕаланна. Георгий Степанов билигин биһигини анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин өйүүр сыал-сорук бииргэ түмэрин бэлиэтээтэ,
Кэпсэтиини иилээн-саҕалаан ыытта
«ОПС «Человек и Закон» ХЭТ бэрэссэдээтэлэ, сокуон бырайыактарын уонна нормативнай аактар уопсастыбаннай эспэртиисэлэрин хамыыһыйатын чилиэнэ Александр Терновцов. Кэпсэтии былаһааккатыгар федеральнай эспиэрдэр, Арассыыйа эрэгийиэннэрин толоруулаах былааһын уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна салайааччылара, Арассыыйа араас субъектарыттан уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыылаахтара социальнай, гуманитарнай көмө уонна юридическай сүбэ хайдах оҥоһулларын туһунан бэйэлэрин үтүө холобурдарыгар олоҕуран дакылаат оҥордулар.
Саха сирэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын, дьиэ кэргэннэрин өйөөһүнү тупсарар туһунан этиилэрин федеральнай таһымҥа киллэрдэ, ону Арассыыйа Уопсастыбаннай палаата көрүөҕэ.
“РФ Уопсастыбаннай палаататын “Сообщество” эрэгийиэннээҕи пуорума” бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар кыһалҕалары дириҥник ырытан, толкуйдаан, сөптөөх быһаарыныылары ылынарга анаан тэриллэр”, – диэн Александр Терновцов кэпсэтиини түмүктээтэ.
СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.