Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев СӨ I Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевы дойдутугар тиэйэн аҕалбыт сөмөлүөтү көрүстэ. Бочуоттаах харабыл М.Е. Николаев хоруобун кыһыл көбүөр устун көтөҕөн аҕалан катафалк массыынаҕа уурда. ГИБДД арыаллаах холуонна Опера уонна балет тыйаатырыгар айаннаата.
СӨ I Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевы кытта бырастыылаһыы сиэрэ-туома манна сарсыарда 10.00-тан киэһэ 20.00 чааска диэри буолуоҕа. Онтон атырдьах ыйын 8 күнүгэр, бэйэтэ кэриэһигэр эппитин курдук, төрөөбүт дойдутугар Хаҥалас Өктөмүгэр кистиэхтэрэ.
СӨ I Бэрэсидьиэнэ, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Ефимович Николаев атырдьах ыйын 4 күнүгэр, 86 сааһыгар, орто дойду олоҕуттан барда. Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Михаил Николаевтыын биир дойдулаахтара, соратниктара, үөрэнээччилэрэ бырастыыласпыттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ атырдьах ыйын 5–8 күннэригэр кутурҕан биллэрилиннэ.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Андрей Сорокин, ЯСИА хаартыскалара