Киир

Киир

Саха сирин I Президенэ, ытыктыыр, сүгүрүйэр, тумус туттар киһибит, уһуйааччыбыт Михаил Ефимович Николаев олохтон туораата. Бу ыар сүтүгү тылбытынан сатаан эппэппит…

Кини биһиэхэ аҕабыт тэҥэ этэ, кини харысхаллаах санаата күннэтэ биһигини арыаллыыра. Этэр тыла, ыйыыта-кэрдиитэ биһиэхэ суолбутун ыйара. Муударай салайааччы, ирдэбиллээх, сороҕор кытаанах, ол эрээри куруутун чугас этэ.

Михаил Ефимович биир да тылын аһардыбакка истэрбит: кини хас этиитэ, санаата, көрүүтэ барыта дириҥ суолталаах, төрөөбүт норуотун, бар дьонун олоҕо тупсарыгар туһаайыллара. Кини олохтоохтук, киэҥник-дириҥник хорутан аан дойду сайдыытын дьүөрэ Саха сирин сайдыытын көрөрө. Кини биир да күнүн дойдутун туһунан санаабакка олорботоҕо, бүтэһик күннэригэр диэри тутаах боппуруостары быһаарыыга үлэлии сылдьыбыта. Санаабытын көтөҕөр, бэйэ кыаҕар эрэниини үөскэтэр, бэйэтин курдук көрүүгэ - «Туох барыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһуланыахтаах» диэн үөрэтэрэ-такайара.

Ытыктабыллаах Михаил Ефимович чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит, норуоппутун кытта бииргэ курутуйабыт… Кини Саха сиригэр тугунан да кэмнэммэт өҥөлөөх – ол кини бар дьонун санаатын бөҕөргөтүүтэ, сайдыыга эргитиитэ этэ. Саха сиригэр олорор дьоҥҥо бука бары кини туһунан сырдык, үтүө өйдөбүлү сүрэхтэригэр илдьэ хааллылар. Кини саха норуотун духуобунай лиидэрэ этэ уонна оннук үйэлэргэ хаалыаҕа.

 «Николаев-Киин» кэлэктиибэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар