Киир

Киир

Арассыыйа «Үөрэхтээһин туһунан» сокуонугар оскуола оҕолоро уопсастыбаҕа туһалаах үлэҕэ булгуччу кыттыахтаахтарын уонна үрүҥ көмүс мэтээли сөргүтэр туһунан уларытыылар киирдилэр.

Ол курдук, үөрэнээччи бэйэтин сааһыгар сөптөөх уопсастыбаҕа туһалаах үлэҕэ төрөппүтүттэн сөбүлэҥэ суох булгуччу кыттар буолуоҕа. Онно оскуола тиэргэнигэр мас уонна сибэкки олордуута, оскуола былаһааккатын эбэт кылааһы тэрээһиҥҥэ бэлэмнээһин, оскуола тыйаатырын көстүүмнэри оҥоруу, түмэлгэ эбэтэр бибилэтиэкэҕэ көмөлөһүү курдук үлэлэр киириэхтэрэ.

Маны сэргэ, 2023/24 үөрэх дьылыттан «Үөрэххэ ураты ситиһиилэрин иһин» II истиэпэннээх үрүҥ көмүс мэтээллэри төнүннэриэхтэрэ. Ону аттестатыгар икки «үчүгэй» уонна барыта  «туйгун» сыаналаах үөрэнээччилэр ылыахтара.

Өссө бу үөрэх дьылыгар Сокуоҥҥа «оскуола оҕолоругар профориентация» диэн идэни таларга көмөлөһөр дьарыктары ыытар буолуохтара. Оттон биир сылынан «ОБЖ» диэн бирэдимиэт «Основы безопасности и защита Родины» диэн саҥа ааттаныа.

Хаартыска: https://pabliko.ru

Киин таһаарылар матырыйаалларынан бэйэ кэр.