«Утум» уһун үйэлэнии киинэ «Ситиһии» (Успех) үөрэтэр киини кытта 55+ саастаах тыа сирин олохтоохторун атырдьах ыйын 14 – 23 күннэригэр «Чэгиэн турук тэтимигэр» (В ритме здоровья) чэбдигирдэр-үөрэтэр сынньалаҥҥа ыҥыраллар.
Путевкаҕа киирэр:
- 10 күн устата хонуктаах уонна күнүскү сынньалаҥ;
- доруобуйаны көрөр-истэр чек-ап: терапевт, кардиолог, ЛОР, окулист чинчийиитэ, ис органнарга УЗИ, ЭКГ, быраас анаабыт процедуралара, уопсай анаалыстары туттарыы, биохимия (холестерин, глюкоза);
- күҥҥэ түөртэ минньигэстик аһатыы;
- илбииһит өҥөтө;
- «Чэгиэн турук тэтимигэр» (В ритме здоровья) кууруска нутрициологияны, фитотерапияны, бэйэни илбийиини уонна эмтэниини үөрэтии;
- күн ахсын чэбдигирдэр физкультура;
- бэйэни өйдүүргэ үөрэтэр трениннэр;
- үҥкүү уонна ырыа дьарыктара;
- Дьокуускай 3 кэрэхсэнэр сиригэр сылдьыы (сынньанааччы баҕатын учуоттаан):
- «Табаҕа хайата» этнокультурнай комплекска тахсан сынньалаҥы үөрүүлээхтик сабыы.
Путевка ахсаана аҕыйах, онон 8 (914) 822-79-55 нүөмэргэ эрийэн суруйтарарга тиэтэйиҥ!