Киир

Киир

Дьокуускайга ыстаарсай сержаннар Сергей Алаганчаков уонна Данил Семенов көҥүлэ суох сөтүөлүүр сиргэ ууга түспүт дьахтары быыһаатылар диэн Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күн полиция үлэһиттэрэ 202-с түөлбэҕэ ботуруулга тахсыбыттар. Үлэлэрин толоро сылдьан ким эрэ хаһыытыр саҥатын истэн, ууга түһэн эрэр дьахтарга көмөҕө тиийбиттэр. Дьахтар номнуо күүһэ эстэн, сүүрүккэ оҕустаран эрдэҕинэ Данил Семенов ууга ыстаммыт. Полиция үлэһитэ ууга сылдьар дьахтарга харбаан тиийэн, өлөр өлүүттэн быыһаабыт.

Бу түбэлтэҕэ полиция үлэһиттэрэ түбэһэ кэлбэтэхтэрэ эбэтэр бытаарбыттара буоллар, дьахтар суорума суолланыа этэ. Дьахтар доруобуйатыгар охсууну ылбатах, мэдиссиинэ өҥөтүттэн аккаастаммыт.

Полиция үлэһиттэрэ Данил Семенов уонна Сергей Алаганчаков биһирэбилгэ түһэриллиэхтэрэ.

Быыһыыр сулууспа иһитиннэрэринэн, сайын саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 25-тэн тахса киһи, ол иһигэр 7 оҕо ууга түһэн суорума суолламмыт.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй