Киир

Киир

1933 сылтан 1937 сыллаахха диэри биэлсэр-акушер Федор Афанасьевич Порядин туттарбыт Тулагы учаастактааҕы балыыһатыгар эмтэнэ сытааччы толору. Чугаһынан атын ханнык да балыыһа баара биллибэт. Таас чоҕу хостуур үлэһиттэргэ анаммыт Хаҥалас тумулун балыыһата, хаарбах туруктанан, сабыллыбыта ырааппыт. Оттон Сатай балыыһата куортамҥа олорор кэмэ-кэрдиитэ ааспыт дэһэллэр. Биэлсэр Ф.А. Порядин 30-с сылларга туттарбыт сорох тутуута: сэллик балыыһата, оҕо төрүүр дьиэтэ, олохтоохтор этэллэринэн, атыы-тутуу дьиэтэ буолан турар эбит.

1937 с. тутуллубут Тулагытааҕы учаастак балыыһата бүгүҥҥэ диэри быыстала суох үлэлии турара сөхтөрөр. Мас балыыһабыт эргэрэн, аныгы ирдэбилгэ ханан да эппиэттээбэт. Санузел сантехниката эргэрэн, дьэбин сиэн бүппүт, ыарыһахтар хомуоһунан баһан туалеттарын сайгыыллар, урукумуонньуктан сууналлар. Балыыһа ас астыыр дьиэтэ сабыллан, ыарыһахтары куораттан таһан аһаталлар эбит.

Тулагы учаастактааҕы балыыһата Дьокуускай куорат 5-с нүөмэрдээх поликлиникатыгар сыһыарыллан үлэлиир. Инньэ гынан бу поликлиника көтүрүллүөхтээх хаарбах балыыһатыгар (филиалыгар) күн бүгүҥҥэ диэри ыарыһахтарын ыыталыы олорор эбит.

Тулагы балыыһата (стационар), төһө да эргэрэн айгыраатар, Чохтоох Хаҥалас, Капитоновка, Киллэм, Тулагы, Радиоцентр, Сыырдаах диэн түөлбэлэри, онуоха эбии Кумахтаах, Уллуҥнаах, Кымньыылаах, Сатал  ыарыһахтарын барыларын хабан, кыаҕын таһынан үлэлии олорор. Маныаха “головной” поликлиникабыт тугу тобулан эрэрэ буолла?

Сатал түөлбэтиттэн Чохтоох Хаҥалас тумулугар баар нэһилиэнньэлээх пууннары барытын соҕотох "Суһал көмө" массыыната кэрийэр, өлөр өлбүтүн кэннэ быыһыы сүүрэрэ мэлдьэх буолбатах. Эбиитин манна, ырааҕынан тайаан олорооччуларга, медпуун уонна эмтиэкэ суоҕун кэриэтэ. “Оптимизация” дьайыыта эбитэ дуу... Куорат таһа буолан, Тулагы Киллэм дьоно эбиллэ турар. Олохтоох нэһилиэнньэ саҥа таас балыыһаны туруорсубута ыраатта да, күн бүгүнүгэр диэри кыайан быһаарыллыбакка, боппуруос халлааҥҥа ыйанан турар. Маныаха Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, СӨ бырабыыталыстыбата улахан болҕомтотун уурарын олохтоохтор кэтэһэн-кэтэһэн, кэтэхтэрэ кэлтэйбит. Үрдүкү былаас хаһан болҕомтоҕо ылан, балыыһа тутуута быһаарыллара буолла диэн, олохтоохтор эрэллэрин сүтэрбэттэр.

Эрчимнээх эдэр сэбиэдиссэй Н.Н. Трифонова сүүрэн-көтөн, хамсык кэмигэр дьон сытар хаарбах балыыһатыттан тэйиччи Радиоцентрга дьоҕус амбулатория тутулларын ситиспит эбит. Оттон эргэ балыыһабыт “кэсмиэтикэ” көмөтүнэн, үрүк-түрүк көрүҥнэнэн, өссө да сууллуор диэри туруох чинчилэммит. Ону баара, дьон амбулатория эрэ дьиэтинэн муҥурдаммакка, үрдүттэн манна таас балыыһаҕа сытан, кыһамньылаах эмчиттэригэр  эмтэниэхтэрин  баҕараллар.

Тулагы нэһилиэгин  үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ уонна сэрии сылын оҕолоро 1937 с. тутуллубут балыыһа суулларын кэтэспэккэ,  эргэ балыыһа оннугар  таас балыыһа тутулларын туруорсубуттара ыраатта. Саҥа таас балыыһаны ыра оҥостубут бэтэрээннэр кытаанах санааларын ыһыктыбаттар. Тулагытааҕы балыыһаны көтүрэр түгэннэригэр Ф.А. Порядин аатынан уулуссаҕа,  кини аатын сүкпүт балыыһа турар миэстэтигэр таас балыыһа (стационар) дьэндэйиэ диэн, олохтоохтор туруорсаллар. Маныаха докутааппыт, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев туох диэн эппиэти биэриэ эбитэ буолла?

 Тулагы Киллэм бэтэрээннэрин сүбэлэрин иилээбит-саҕалаабыт Л.П. Скрыбыкина, Л.С. Федотова, М.Н. Макарова.

Бүтэһик сонуннар