Киир

Киир

Быйыл Саха сирин киин куората 391 сааһын «Үлэ килбиэнин куората» ааттаах көрсөр. Куорат күнүн бэлиэтээһин Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылын, Саха сиригэр Үлэ сылын чэрчитинэн ааһыаҕа.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр балаҕан ыйын 2 күнүттэн 10 күнүгэр диэри (ала-чуо быыбар бүтүөр диэри) буолуохтара. Сүрүн тэрээһиннэр балаҕан ыйын 8 - 10 күннэригэр 5 былаһааккаҕа – Былыргы куоракка, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, Орджоникидзе болуоссатыгар, Карл Маркс аатынан искибиэргэ, Кыайыы болуоссатыгар ыытыллыахтара. Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Кыайыы пааркатыгар ыччакка аналаах бырагыраама буолуоҕа. Үгэс быһыытынан, Кыайыы болуоссатын үрдүнэн улахан фейерверк кыыратыахтара.

Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 391 сылыгар аналлаах тэрээһин тосхоло yakutskcity.ru. аан ситимҥэ тахсыаҕа.

Эрэдээксийэттэн: Анал байыаннай дьайыыларга өлүү-сүтүү бөҕө тахса турдаҕына, маннык улахан, тыастаах-уустаах бырааһынньыгы тэрийии төһө сөптөөҕө буолла...

Сонун төрдө: Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-киинэ.