Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин атырдьах ыйын 23 күнүгэр Курскай кыргыһыыга кыайыы 80 сылыгар анал байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар.
«Арассыыйа Дьоруойа» ааты ылар чиэскэ Запорожскай хайысхаҕа ВСУ бронетехникатын үлтүрүппүт «Алеша» тааҥка экипаһа тигистэ. Аатырбыт тааҥка састаабыгар Саха сириттэн ефрейтордар Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев бааллар. Кинилэр, хорсуннук кыргыһан, кыайыылаах тахсыбыттарын таһынан, ытыллыбыт тааҥкаттан доҕотторун быыһаабыттара.
Санатар буоллахха, кыргыһыы бастакы мүнүүтэлэригэр наводчик-оператор Алексей Неустроев бэргэн ытыынан өстөөх икки Т-72Б тааҥкатын суох гыммыта. Онтон кэлэр 30 мүнүүтэҕэ М113 биир бронетранспортеры уонна Эмиэрикэҕэ оҥоһуллубут биэс MaxxPro бронетранспортеры үлтүрүппүттэрэ. Мэхээньик-суоппар Филипп Евсеев экипаһын бэйэ тааҥкатыгар олордон сатабыллаахтык салайан сылдьыбыта.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата