Киир

Киир

Сэрэдэ киэһэ Тверь уобалаһын хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр Embraer Legacy диэн чааһынай бизнес-джет Москубаттан Санкт-Петербурга көтөн иһэн сууллунна. Манна баар уон киһи бары өллүлэр. Пассажирдар испииһэктэригэр «Вагнер» ЧВК төрүттээччитэ Евгений Пригожин уонна хамандыыра Дмитрий Уткин бааллар.

Биллиилээх урбаанньыты кытта өссө аҕыс киһи: «Вагнер» ЧВК салайааччытын солбуйааччыта Валерий Чекалов, сөмөлүөт хамандыыра Алексей Левшин, иккис пилот Рустам Каримов, Украина "Миротворец" базатыгар киирбит байыастар Сергей Пропустин, Евгений Макарян, Александр Тотмин, быһа холуйан урут Сирияҕа сэриилэспит байыас Николай Матусеев, бортпроводник Кристина Распопова ааттара бааллар.

Сөмөлүөт көтүөн иннинэ бортпроводник кыыс дьонугар эриэйсэлэрэ биллибэт биричиинэнэн хойутаан көтөр буолбутун эппит уонна статуһугар кафеҕа олорор хаартыскатын таһаарбыт. Көтөр аал, киэһэ 17:54 чаастан Шереметьевоттан көтөн тахсыбыта 26 мүнүүтэ буолан баран, радар экраныттан сүппүт. Экипажтан быһылаан туһунан туох да иһитиннэрии киирбэтэх, онон барыта олус түргэнник буолбут сибикилээх.

Билигин сөмөлүөт түспүт сиригэр силиэстийэ бара турар. Сөмөлүөт кутуругар эстии тахсыбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Онон, "Көтөр тырааныспары туһаныы уонна куттала суох көтүтүү ирдэбилин кэһии" ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Хаартыска: РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин саайтыттан

Киин таһаарыылар суруйууларынан бэйэ кэр.