Эксээмэннэргэ бэлэмниир официальнай порталга (ФИПИ) бары бирэдимиэттэргэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) демоверсиялара таҕыстылар. Устуоруйа эксээмэнин талбыт үөрэнээччилэргэ анал байыаннай дьайыы (СВО) туһунан ыйытыылары биэриэхтэрэ.
Холобура, тургутууну ситиһиилээхтик ааһар туһугар 11-с кылаастар былырыын ытыалааһыҥҥа охтубут СВО кыттыылааҕа Ольга Сергеевна Качуру билиэхтээхтэр. Кини ДНР норуодунай милииссийэтигэр сулууспалаабыт. Өлбүтүн кэннэ киниэхэ Арассыыйа уонна ДНР Дьоруойа ааты иҥэрбиттэр. Оттон биир ыйытыы ЛНР, ДНР, Херсонскай уонна Запорожскай уобаластар РФ састаабыгар киирэллэрин туһунан дуогабарга илии баттаһыыга сыһыаннаах.
Устуоруйа эксээмэнигэр саҥа ыйытыылары киллэрии учуобунньукка СВО туһунан саҥа түһүмэх киириитин кытта ситимнээх. Ааптардар "СССР сууллуутун төрүөттэрин уонна содулларын, РФ аан дойду таһымнаах держава быһыытынан тиллиитин, Кырыым уонна Арассыыйа холбоһуутун, Украинаҕа анал байыаннай дьайыы барыытын уонна да атын суолталаах көстүүлэри быһааран суруйдулар.
Хаартыска: https://fedpress.ru
Бэйэ кэр.