Атырдьах ыйын 28 күнүгэр, "Саҥа олох" диэн Бэрэсидьиэн пуондатын гранын ылбыт Татьяна, Айсен Павловтар бырайыактарын чэрчитинэн, баһаартан эмсэҕэлээбит "Кэскил" түөлбэ 36 ыалыгар биэстии мас арааһын: яблоня, сирень, черемуха, облепиха, бузина мастарын бэлэх ууннулар.
Ону сэргэ, олохтоохтор саҥа күөх искибиэргэ 8 саастаах акация мастарын олортулар. Үлэни "Ситим" тэрилтэ салайааччыта Татьяна Павлова, "Кэскил" түөлбэ салайааччыта Мария Сергеева сүрүннээтилэр. Билим өттүнэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи ботаническай сад үлэһитэ Сысолятина Анна Егоровна олохтоохторго сүбэ-ама биэрдэ.
Түөлбэ олохтоохторо күргүөмүнэн тахсан саҥа искибиэрдэригэр үөрэ-көтө үлэлээтилэр, ол кэннэ бэйэлэрин тиэргэннэригэр мастарын үөрэ-көтө олортулар.
Бэйэ кэр.