Арассыыйа киин куораттарыгар пилота суох көтөр аппарааттар (БПЛА) кэлэн түһүүлэрэ элбээтэ. Ол курдук, атырдьах ыйын 30-с күнэ үүнэр түүнүгэр Украина сэптэрэ дойдубут аҕыс регионун: Севастополь, Псков куораттары, Орлов, Калуга, Рязань, Воронеж, Брянск уонна Москуба уобаластарын атакалаатылар.
БПЛА кэлэн түһүүтүттэн ордук Псков эмсэҕэлээтэ. Дроннар байыаннай-гражданскай аэродромҥа кэлэн түстүлэр уонна түөрт ИЛ-76 байыаннай тырааныспары алдьаттылар. Барыта 10-12 дрон түспүтүн аахтылар. Ол түмүгэр дэлби тэбиилэр буоланнар, 300 кв иэннээх сиргэ улахан баһаар тахсыбытын умуруордулар. Сиэртибэ баара иһиллибэт.
Маны таһынан, Хара муора акваториятыгар ВСУ түргэн сырыылаах түөрт байыаннай катерын үлтүрүттүлэр. Манан 50 киһилээх десаннар бөлөхтөрө айаннаан испит. Онон, атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи атааканы хаһааҥҥытааҕар да киэҥ далааһыннаах диэн билиннилэр.
Киин таһаарыылар суруйууларынан бэйэ кэр.