Киир

Киир

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев 19 №-дээх оскуолаҕа тэриллибит 689 №-дээх быыбардыыр учаастакка биир бастакынан кэлэн куоластаата. Кини быыбар үс күн ыытыллара олус табыгастааҕын бэлиэтээтэ.

«Көрөргүт курдук, быыбардыыр учаастакка дьон элбэх, тэрийии таһыма үрдүк. Барыгытын, куоластыыр быраапкытын туһанан, кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабын», - диэн кини ыҥырда.

Быыбар балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр буоларын санатабыт. Саха сирин олохтоохторо Ил Дарханы, Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат дууматын дьокутааттарын талыахтара.

Сонун төрдө: Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар