Илиҥҥи экэниэмикэ пуорумун (ВЭФ) сүрүн мунньаҕар бэрэсидьиэн Владимир Путин Саха сирин айар индустриялары сайыннарыыга уопутун регионнааҕы ыстандаарты оҥорууга туһаныахпыт диэн эттэ.
«Саха сиригэр олохтоох салалта сыратынан, урбаанньыттар тус көҕүлээһиннэринэн, айар индустриялары сайыннарыыга бастыҥ быраактыка үөскээтэ. Холобура, программированиеҕа, архитектураҕа, бырамыысылыннай дизайыҥҥа уонна да атын эйгэлэргэ. Бу уопут регионнааҕы ыстандаарты оҥорууга олук буолуо», - диэн кини бэлиэтээтэ.
Санатар буоллахха, тэрээһин балаҕан ыйын 11 күнүттэн Владивосток куоракка ыытылла турар. Саха сирэ манна 100 млрд солк. кээмэйдээх 30 кэриҥэ сөбүлэҥ түһэрсиэхтээх.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата