Бүгүн 2014 сылтан бырайыактанан олоххо киирэ сатыыр Ленин болуоссатын саҥардан оҥоруу балаҕан ыйын 18 күнүгэр саҕаланар диэн суруйдулар. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Егор Борисов бу болуоссаты икки атын-атын болуоссакка араарыахпыт диэн иһитиннэрбитэ. Онно пааматынньыктаах өттө Ленин болуоссатынан хаалыахтаах, фонтаннаах өттө Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн ааттаныахтаах этэ. Оттон бүгүҥҥү СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын иһитиннэриитигэр ол туһунан туох да этиллибэт. Онон, Өрөспүүбүлүкэ болуоссата баар буолар дуу, суох дуу диэн ыйытыы үөскээтэ.
Арай, Ленин болуоссатын саҥардан оҥоруу балаҕан ыйын 18 күнүгэр саҕаланар диэн суруйбуттар. Бэдэрээччитинэн "Сэттэ" ХЭТ анаммыт. Маны үбүлээһиҥҥэ 719 143 000,00 солк. кээмэйдээх анал казначейскэй кирэдьиит көрүллүбүт. Болуоссаты худуоһунньук Туяра Шапошникова эскиһинэн гранит брусчатканан уонна араас өҥнөөх билиитэнэн бүрүйүөхтэрэ, 13 миэтэрэ үрдүктээх сэргэлэри туруоруохтара, уоттаах, муусукалаах, туруору күрүлгэннээх пешеходнай фонтан оҥоруохтара, көҕөрдүөхтэрэ.
Болуоссат үс сынньанар зонаҕа арахсыа диэбиттэр. Ол курдук, ДП-2 иннинээҕи, Ускуустуба оскуолатын иннинээҕи уонна сүрүн сынньанар сирдэр баар буолуохтара. Маны сэргэ, 50 массыына уонна 10 бэлэсипиэт турар сирин оҥоруох курдуктар. Ленин болуоссатын саҥардан оҥоруу 2024 сылга күһүн бүтүөхтээх.
Биллэн турар, балаҕан ыйын 18 күнүгэр болуоссаты көтүрэн барыахтара. Онон, СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениета киин куорат олохтоохторун кыра мэһэйдэр иһин бырастыы гыныҥ диэн көрдөһөр.
Сонун төрдө: СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениета