Киир

Киир

Дьокуускай куорат Ленин проспегар уһуннук олорбут, элбэхтик сылдьыбыт дьон манна хаһыат, сурунаал атыылыыр «Горпечать» тэрилтэ хас да киоската мэлийбитин, ону көрдөөн булар олус уустугурбутун бэлиэтииллэр.  Ол оннугар арыгы атыылыыр маҕаһыыннар, вейп-шоптар уонна да атын кэмэлдьилэр хас хардыы ахсын көстөллөр. Мантан сиэттэрэн, кимнээх эрэ хаһыаты, сурунаалы ааҕар, толкуйдуур дьон элбииригэр буолбакка, арыгыны, электроннай сигаретаны хамаҕатык атыылаһар дьон элбииригэр ис сүрэхтэн кыһаллаллар дуу диэх санаа үөскүүр.

Бэчээт киоскаларын кыһалҕата турбута ыраатта. «Бүтэһик хааппыла» диэбиккэ дылы, куорат киин уулуссатын саҥардан оҥоруу иннинэ проспекка турбут киоскалары, быстах кэмҥэ диэн ааттаан, онно-манна, дьон сылдьыбат, кыайан булан тиийбэт сирдэригэр, көһөрбүттэрэ. Олохтоохтор этэллэринэн, киоскалары аныаха диэри төттөрү аҕала иликтэр. Бу кинилэргэ эрэ буолбакка, урбаанньыттарга эмиэ улахан охсууну оҥордо. Онон, уокурук олохтоохторо, тулуйартан ааһан, баһылык Евгений Григорьевка Доҕордоһуу болуоссатын аттынааҕы «Токко» маҕаһыын уонна  «Илин Эҥэр» маҕаһыын иннинээҕи бэчээт киоскаларын турбут сирдэригэр хаалларарга илии баттааһына хомуйан көрдөһүү ыыттылар. 

major letter 1major letter 2major letter 3

Биллэрин курдук, бэчээт киоскаларыгар ордук биэнсийэлээхтэр, аҕам саастаах уонна кырдьаҕас дьон сөбүлээн сылдьаллар. Мээрийэ маннык дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны оҥорбот буоллаҕына, Дьокуускай куорат «Ирбэт тоҥҥо турар бастыҥ куорат» аатын хайдах ылыан сөбүн киһи сатаан өйдөөбөт.  Аны, – 50 кыраадыстаах тымныы кыһыммытыгар, туман быыһынан бу дьон сөбүлээн ааҕар хаһыаттарын, сурунаалларын хайдах ылаллар? Оттон били үлүгэрдээх «Ааҕар регион» аатын ылар баҕабыт ханна сүттэ? Эбэтэр биир кэмнээх отчуот эрэ туһугар «аахпыта» буолбуппут дуу? Чахчы «ааҕар» буоллахпытына, хаһыаты, сурунаалы ааҕыыны эмиэ көҕүлүөхтээхпит буолуо дии?

zima

Итини таһынан, талбытынан көһөрөөччүлэр уонна көтүрээччилэр дойдуга бэчээт киоскаларын тэрийии уонна үлэлэтии ирдэбилин билбэттэрэ көһүннэ. Ол курдук, федеральнай салалта уурааҕынан, 5 880 киһиэхэ 1 киоска тиксиэхтээх. Ол эбэтэр, Дьокуускайга  64 киоска баар буолуохтаах. Ону баара, биһиэнэ - хас да төгүл аҕыйах. Ол да иһин, Саха сирэ бэчээттэнэр СМИ-лэри тарҕатыыга бүтэһик иннинээҕи 84-с миэстэҕэ сырыттаҕа...

Онон, мээрийэ элбэх нэһилиэнньэлээх Дьокуускай куоракка бэчээт киоскаларын аҕыйата, көһөрө турара - туох да сиэргэ баппат түктэри быһыы диэн дьон сөпкө сыаналыыр.  

Сонун төрдө: https://yakutia24.ru

Санааҕын суруй