Киир

Киир

Бары билэрбит курдук, сокуоҥҥа олоҕуран бас билээччилэр хомунаалынай уонна дьиэ-уот өҥөтүн, элбэх кыбартыыралаах дьиэ уопсай баайын-дуолун көрүү-истии, быстах өрөмүөнү оҥоруу төлөбүрүн, маны таһынан хапытаалынай өрөмүөн ороскуотун төлүөхтээхтэр.

Хаачыстыбалаах уонна кэмигэр оҥоһуллар хапытаалынай өрөмүөн элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорорго куттала суох буолууну уонна табыгастаахтык олорууну хааччыйар. Энергоэффективнэй хапытаалынай өрөмүөн аныгы уопсастыба биир суолталаах соругунан буолар. Климат уларыйа, энергоресурса сыаната үрдүү турар кэмигэр энергоэффективность олохтоохтор табыгастаахтык олороллоругар, эксплуатационнай ороскуоту аччатарга күүс буолар.

Хапыталыынай өрөмүөн ититиини тупсарар, эниэргийэни туттары аччатар туһугар инженернэй систиэмэни уонна тутуу конструкцияларын биир кэлимник саҥардар. Бастатан туран, манна дьиэ фасадын ититии, түннүктэри, киирэр ааннары, хоруобуйаны уларытыы киирэр.

Ол эрээри энергоэффективнэй хапыталыынай өрөмүөн дьиэ тас өттүн ититиинэн эрэ муҥурдаммат. Маны сэргэ эргэрбит ититии (отопление), бэнтилээссийэ уонна итии уунан хааччыйыы систиэмэтин аныгы тэриллэргэ уларыталлар. Аныгы технологияны уонна матырыйааллары туһаныы эниэргийэ ороскуотун аччатар уонна экология өттүнэн куттала суох буолууну мэктиэлиир.

Энергоэффективнэй хапытаалынай өрөмүөҥҥэ энергоресурсалары көдьүүстээхтик салайарга (управлениеҕа) болҕомтону ууруохха наада. Эниэргийэни, ууну туһаныыны учуоттуурга автоматизированнай систиэмэни киллэрии ороскуоту хонтуруоллуур уонна салайан биэрэр

Дьиэ фасадын саҥардан оҥордоххо, ититии (отопление) көрдөрүүтэ эмиэ ачччыыр кыахтаах. Ол, биллэн  турар, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр барыстаах буолар.

2022 сыл бүтүүтүгэр Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба сайдыытын киинэ, федеральнай сокуон ирдэбилин толорор сыалтан, 2022 – 2027 сс. эниэргийэ көдьүүһүн үрдэтиигэ уонна эниэргийэни харыстааһыҥҥа эрэгийиэн бырагырааматын оҥорон үлэлэппитэ, “Энергосбережение и повышение энергетической эффективности в жилищном фонде” алын бырагырааманы киллэрбитэ.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн солбугунан энергосервис буолуон сөп. Бу өҥө 2022 с. Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр икки дьиэҕэ киирбитэ. Маннык өҥөнү оҥоруу олохтоохтортон бэйэлэриттэн уонна бэдэрээттиир тэрилтэлэртэн улахан тутулуктаах. Эниэргийэни харыстааһын уу инженернэй систиэмэтинэн, ититиини учуоттуур аныгы тэриллэринэн хааччыйыыттан, фасады өрөмүөннээһинтэн, ититииттэн, “МКД” уопсай бас билиитигэр баар киирэр ааннары уонна түннүктэри уларытыыттан тутулуктаах.

Энергосервис хантыраагын мэхэньиисимин туһанан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ эниэргийэни харыстыыр көдьүүстээх тэрээһиннэри СӨ Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба уонна энэргиэтикэ министиэристибэтин иһинэн тэриллэн үлэлиир “Центр развития ЖКХ и повышения энергоэффективности” тэрилтэ салайар.

 

Бүтэһик сонуннар