Киир

Киир

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатыра төрүттэммитэ  55 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх декадатын арыйыа.

Үгэс быһыытынан, декада "Аһаҕас аан күнүттэн" саҕаланыа. Бу күн көрөөччүлэри тыйаатыр бары хосторунан, кистэлэҥ сирдэринэн – кулиса кэнниттэн саҕалаан тапталлаах артыыстарын гримеркаларынан кэритиэхтэрэ.   

Маны сэргэ үбүлүөйдээх декада кэмигэр ыытыллыахтара:

Балаҕан ыйын 30 уонна алтынньы 1 күннэригэр

  • Чингиз Айтматов сэһэнинэн "Бастакы учуутал" испэктээк премьерата (режиссер С.Потапов).

Алтынньы 2 күнүгэр

  • тыйаатыр сүрүн хормейстера Наталья Стручкова вокалга маастар-кылааһа;
  • тыйаатыр бутафор-худьуоһунньуга Николай Друзьянов декор тэрилин оҥорууга маастар-кылааһа;
  • Аан дойду виртуоз-хомусчута, «Душа России» бириэмийэни бас билээччи, Саха сирин үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтяреваны кытта маастар-кылаас элэмиэннээх сирэй көрсүһүү;
  • Саха сирин норуодунай артыыстара, этномусукаан Клавдия уонна Герман Хатылаевтары кытта маастар-кылаас элэмиэннээх сирэй көрсүһүү.

Алтынньы 3 күнүгэр

  • тыйаатыр сүрүн хормейстера Наталья Стручкова вокалга маастар-кылааһа;
  • "Уйбаанчык" муусукалаах испэктээк (режиссер С.Потапов).

Алтынньы 4 күнүгэр

  • Тыйаатыр вокальнай ансаамбылын кэнсиэрэ (хормейстер Наталья Стручкова).

Алтынньы 5 күнүгэр

  • "Мааппа" муусукалаах испэктээк (режиссер А.Нотара).

Алтынньы 6 күнүгэр

  • "Эстрада 21" уонна "Л 47" ВИА кэнсиэрэ.

Алтынньы 7 күнүгэр

  • "Я вижу сердцем. Моя Якутия" бырайыак – хараҕы симэн туран кэнсиэр (режиссер М.Герасимова);
  • Чингиз Айтматов сэһэнинэн "Бастакы учуутал" испэктээк премьерата (режиссер С.Потапов).

Алтынньы 8 күнүгэр

  • Э. Рязанов уонна Э. Брагинскай пьесатынан "Үлэ үөһүгэр таптал" муусукалаах испэктээк (режиссер Т.Чаранская).

Алтынньы 12 күнүгэр

- Эстрада кэнсиэрэ.

Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын барыгытын ыҥырабыт!

Сонун төрдө: Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатыра

Санааҕын суруй