Киир

Киир

Хас биирдии киһи бу сиргэ уһун дьоллоох олоҕу олороору кэлэр. Ол туһугар ыал буолар, оҕо төрөтөр, үлэҕэ-хамнаска сыратын-сылбатын ыытар. Киһи олоҕо, бэйэтин буруйунан буолбакка, ким эрэ нүдьү-балай сыһыаныттан, сыыһа-халты туттуутуттан быстара олус кыһыылаах, хомолтолоох.

Майа олохтооҕо Клавдия Захарова, балаҕан ыйын 16 күнүгэр речпорт аттынааҕы сүүнэ тимир баннерга баттатан ыарахан эчэйиилэри ылан, хас да күн комаҕа сытан баран олохтон туораата. Быраастар үс күнү быһа  кини олоҕун быыһыы сатаатылар, хас да эпэрээссийэни оҥордулар. Охтубут баннер ыйааһына тугу да тулуппатах.  

58 эрэ саастаах киһи өссө да оҕолоругар көмөлөһөр, сиэн көрсөр улахан баҕалааҕа буолуо диэн сэрэйиллэр. Ол да иһин кэһии бөҕөлөөх куоракка киирэн үөрэн-көтөн тураахтаатаҕа. Ону баара, кини туох да туһата суох баннер, куһаҕан үлэһит, мөлтөх хонтуруол сиэртибэтэ буолла.

Куоракка ыйанан турар угуйуктаах баннердары Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын иһинэн үлэлиир бүтүн салаа көрөр. Оччотугар бу быһылааҥҥа кинилэр эппиэттиэхтэрин сөп курдук. Баннер ис хоһоонунан көрдөххө, хаһаайына "Саха сирин тимир суоллара" буолуон сөп.

Саха сирин тырааныспарга силиэстийэлиир кэмитиэтэ Холуобунай кодекс  238 ыстатыйатын 1 чааһынан холуобунай дьыала тэрийдэ. Ол түмүгүн күүтэбит.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар