Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьокутааттарын Сэбиэтэ XII сиэссийэтигэр улуус баһылыга Владимир Поскачин боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотуу туһунан быһаарыыны ылынна.
Онон Үөһээ Бүлүү улууһун саҥа баһылыгын болдьоҕун иннинэ быыбардааһын сэтинньи 19 күнүгэр ыытыллар буолла диэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Семён Миронов иһитиннэрдэ. Дьокутааттар улуустааҕы Сэбиэттэрин быһаарыытынан «Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)» МТ баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан Семён Анатольевич Михалев ананна.
Санатар буоллахха, Владимир Поскачин Үөһээ Бүлүү улууһун 18 сыл устата салайбыт, сайыннарбыт биир уһун «үйэлээх» баһылыгынан биллэр. Кини бу ааспыт быыбарга Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаатыгар бэйэтэ турунан, дьон өйөбүлүн, итэҕэлин ылан кыайбыта.
Бэйэ кэр.