Киир

Киир

Алданнааҕы экология кэтэбилин кэмитиэтэ балаҕан ыйын 14 күнүгэр сир баайын хостуур хампаанньа үлэлиир учаастагыттан 500 м аллараа сытар Селигдар өрүс уутуттан боруоба ылла уонна улахан киртийии баарын булла.

Ол курдук, ууга буортулаах эттик, тимир, цинк кээмэйэ биллэрдик улааппыт.  Чуолаан, балык хаһаайыстыбатын уулаах эбийиэктэригэр олохтоммут нуорманан, буортулаах эттик кээмэйэ 2,6 төгүл, тимир - 21, дьэс – 10 төгүл улааппыт.

Боруоба түмүгүн СӨ Борокуратууратыгар сир баайын хостооччуга былааннамматах бэрэбиэркэни аныыр соруктаах ыытыахтара.  

Сонун төрдө: СӨ Экология министиэристибэтэ

Санааҕын суруй