Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Сочи куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы социальнай өҥө эйгэтигэр идэ сатабылын күрэһин финалистарын эҕэрдэлээтилэр. Манна Саха сириттэн С.М. Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи Дьиэ кэргэнинэн иитиигэ көмөлөһөр киин дириэктэрин солбуйааччыта Юрий Тутукаров кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ.
Юрий Иванович социальнай тулаайахсыйыы кыһалҕатыгар, аҥаардас ийэлэргэ уонна уустуктары көрсүбүт дьиэ кэргэннэргэ улаатар уолаттарга туһуламмыт «Аҕа үөрэҕэ» бырайыагынан кытынна. Бу бырайыакка аҕа көлүөнэ уһуйан иитэр ньымалара киэҥник туттуллаллар. Ол курдук, олоххо көхтөөх аҕалар уолаттары бултуурга, балыктыырга үөрэтэллэр уонна тус холобурдарынан чөл олоххо уһуйаллар. Уолаттар тимири уһаарыынан дьарыктаналлар, муус скульптуралары оҥороллор, араас күрэхтэһиилэргэ, куоҥкурустарга кытталлар, бохуоттарга сылдьаллар.
Маны сэргэ, Юрий Тутукаров Бүлүү улууһун «Аҕа сүбэтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ уонна улуус сүбэтин дьокутаата эбит. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Юрий Иванов улууһун эр дьонун, аҕаларын уол оҕону иитиигэ ыытар сыраларын көрдөрбүтүнэн киэн туттар уонна кыайыытынан эҕэрдэлиир.
Сонун төрдө: СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ