Киир

Киир

Алтынньы 10 күнүгэр 16:00 чаастан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Устуоруйа саалатыгар билим дуоктара Андриан Борисов  «История Якутии с древнейших времен до середины XIX в.» саҥа үөрэтэр босуобуйатын сүрэхтэниитэ буолуо.

Босуобуйаҕа Сахабыт сирин түҥ былыргыттан саҕаланар устуоруйатын сүрүн түгэннэрэ, чахчылара, ураты көстүүлэрэ уон лиэксийэ тухары ойууламмыттар. Ол курдук, сахалар орто үйэтээҕи Аан Дархаммыт Тыгынтан саҕалаан Баһылай Манчаарыга уонна уобаластааҕы начаалынньыктарга тиийэ, Саха сирин дьылҕатыгар, олоҕор суолталаах дьоммутун суруйбуттар.    

Ааптар дойдубут сүрүн кэрдиис кэмнэрин дьоҥҥо өйдөнөр судургу тылынан суруйар соругу тутуспут. Хас биирдии лиэксийэҕэ глоссарий, хонтуруоллуур сорудахтар уонна тургутар ыйытыылар бэриллибиттэр.  

Босуобуйа Саха сирин устуоруйатын үөрэтэр оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга, учууталларга, преподавателлэргэ ананар.  

Сонун төрдө: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ