Киир

Киир

Бүгүн Дьокуускайга уопсастыбаннас көҕүлээһининэн, "Кыым" хаһыат өйөбүлүнэн, университет аттыгар тутуллар Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар 5 м үрдүктээх «Комар» арт-эбиэйиэги туруоруу туһунан төгүрүк остуол буолан ааста.

Улахан сүпсүлгэни таһаарбыт "Бырдахтан" сиэттэрэн, кыттааччылар киин куорат архитектурата хайдах буолуохтааҕын, саҥа тутуллар култуура эбийиэктэрин дьүүллэһии хайдах барыахтааҕын киэҥник кэпсэттилэр.

Төрүт култуура түсчүттэрэ, уопсастыбанньыктар "Комар" олохтоох омук өйүгэр-санаатыгар, култууратыгар сөп түбэспэтин, туох да духуобунай сыаннаһа суоҕун, түктэри суолталааҕын, онон Саха сирин айылҕатын сорҕото да буолан куорат киинигэр сөбө суоҕун бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев аатын биэрэргэ уонна "Комар" арт-эбийиэк оннугар атын сырдык ис хоһоонноох, инникигэ эрэли биэрэр, кэрэни кэрэһэлиир арт-эбийиэги тутарга куоҥкурус биллэрэргэ этии киллэрдилэр.

bwrdax

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй