Киир

Киир

Араб-Израиль 1973 сыллааҕы сэриитин 50 сыла туолар алтынньы 7 күнүгэр ХАМАС террористара Израильга саба түстүлэр. Бу тэрилтэ сорох дойдуларга бобуулааҕын, ол эрээри Арассыыйаҕа бобулла илигин бэлиэтиибит.

Палестина боевиктара Израильга уопсайа 5 тыһ. снаряды ыыттылар, 100 тахса киһини билиэн ыллылар, 700 тахса киһини өлөрдүлэр,  2 тыһ. тахса киһини бааһыртылар. Маны сэргэ, боевиктар кыраныыссаны уунан, салгынынан уонна сиринэн туораан, Сдерот куоракка эйэлээх олохтоохтору сэймэктээтилэр. Ол курдук, полиция учаастагыттан уонна муусука бэстибээлэ буола турар сириттэн саҕалаан, элбэх киһини өлөрдүлэр, билиэн ыллылар, араас сидьиҥ быһыылары оҥордулар.

KMO 162543 45131 1 t241 121007

Бэстибээл буолбут сириттэн 260 киһи өлүгүн буллбуттарын, ону таһынан 10 кыыһы тутан илдьэ барбыттарын суруйаллар. Олор истэригэр Арассыыйаттан сылдьар Елизавета Прудникова уонна Ольга Пильник баар курдуктар. Дьону ордук дьиксиннэрбит чахчынан Германияттан төрүттээх 20 саастаах Шани Николь Лук сыгынньах өлүгүн боевиктар джип-массыынаҕа тиэйэ сылдьар уонна 25 саастаах устудьуон Ноа Аргамани «Баһаалыста, миигин өлөрүмэҥ!» диэн көрдөһөр видеолара буолла. Боевиктар Ноа ийэтин, үс уонна биэс саастаах кыргыттарын эмиэ биллибэт туһаайыынан илдьэ барбыттара биллэр.   

shani luk 

Онон, 50 сыл буолан баран, Израиль салалтата Палестинаҕа дьиҥнээх сэриини биллэрдэ. Билигин дойдуну саба түспүт боевиктартан ыраастааһын уонна Палестина байыаннай эбийиэктэрин дэлби тэптэрии бара турар. Премьер-министр Биньямин Нетаньяху иһитиннэрбитинэн, ХАМАС боевиктарын улахан аҥаардарын суох гыммыттар.
 
Тель-Авив Газа секторга уоту уонна оттугу биэриини тохтотто. Израиль салалтата Палестинаны кытта эйэ түһэрсэргэ бэлэмэ суоҕун, ХАМАС бөлөҕү бүтүннүү эһиэр диэри киирсэр санаалааҕын биллэрдэ.
 

Киин таһаарыыларынан бэйэ кэр.

Санааҕын суруй