Киир

Киир

Бу сылтан санаторнай-курортнай эмтэниигэ чэпчэтиини туһаныы уонна харчынан толуйуу бэрээдэгэ уларыйда. Биэнсийэҕэ олорон социальнай өйөбүлү ый ахсын харчынан ылар үлэ бэтэрээннэригэр үс сылга биирдэ Саха сирин уонна Москуба "Бэс Чагда" санаторийдарыгар путевкаларын сыанатын 80%-нын харчынан төлүөхтэрэ.

Үлэ бэтэрээннэригэр ыйдааҕы төлөбүр: эр дьоҥҥо 55 саастарын, дьахталларга 50 саастарын туоллахтарына ананарын бэлиэтиибит. Бэтэрээн санаторнай-курортнай эмтэниигэ Нэһилиэнньэ социальнай харалтатын управлениетыгар сайабылыанньа биэрбит күнүнэн уочараттаан барар.

Оттон бэтэрээн путевканы бэйэтэ төлөөн ылбыт буоллаҕына, эмтэнии кэннэ биир сылы аһардыбакка, олорор сиринэн управлениеҕа сайабылыанньа суруйуохтаах уонна ирдэнэр дьокумуоннары туттарыахтаах. Сиһилии информацияны эмиэ мантан ылыллар.

Алтынньы саҥатыгар санаторнай-курортнай чэпчэтиилээх эмтэниини 471 киһи туһанна.

Сонун төрдө: СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ

Санааҕын суруй