Татарстан национальнай бибилэтиэкэтэ хардарыта үлэлэһии сөбүлэҥин иитинэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр 700 кинигэни бэлэхтээтэ. Онон, манна алтынньы 16 күнүгэр татаар литэрэтиирэтин уонна култууратын киинэ аһылынна.
Кииҥҥэ Татарстан устуоруйатыгар, мэҥэ бэлиэлэригэр, култууратыгар уонна үгэстэригэр аналлаах кинигэлэр бааллар. Билигин көрдөрүүгэ турар татаар тыллаах оҕо кинигэлэрин «Детская точка кипения» оҕо ааҕыытын киинигэр биэриэхтэрэ.
Татаар култууратын «Туган як» киинин бэрэссэдээтэлэ Игорь Халилов бу киин бырааттыы омуктар доҕордоһууларын күүһүрдэр, үүнэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр соруктааҕын бэлиэтээтэ уонна тэрийсибит дьоҥҥо махтанна.
Сонун төрдө: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ.