“Саханефтегазсбыт” “Ведомости импульс” судаарыстыбаннай-чааһынай партнёрствоҕа олоҕурбут инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэриигэ сыл аайы ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ лауреат үрдүк аатын сүктэ.
Судаарыстыбаннай-чааһынай партнёрствоҕа олоҕурбут инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэриигэ анаммыт күрэх кыайыылаахтарын наҕараадалааһын Москуба куоракка алтынньы 6 күнүгэр ыытылынна. Ньиэп базатын хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин Уһук Илин концессиятын мэхэньиисимин туһанан, саҥардан оҥорууга уонна модернизациялааһыҥҥа анаммыт “Саханефтегазсбыт” АУо СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта кыттыгас бырайыага анал бириэмийэни ылар чиэскэ тигистэ. Бэлиэтиир тоҕоостоох, бу бырайыак ньиэп базаларын хаһаайыстыбатыгар судаарыстыбаннай-чааһынай партнёрствоны тэрийиигэ дойдуга бастакы холобур буолар.
Концессионнай Сөбүлэһии көмөтүнэн “Саханефтегазсбыт” АУо 4 филиалын – Белогорскайдааҕы, Эдьигээннээҕи, Уус Куйгаатааҕы уонна Хаандыгатааҕы ньиэп базаларын – саҥардан оҥороллор, модернизациялыыллар.
“Конценсионнай Сөбүлэһиини түһэрсэргэ биһиги тэрилтэбит уонна СӨ Бырабыыталыстыбата инженернэй, экэнэмиичэскэй оросчуоту сөпкө оҥорорго бэлэмнэнэр уонна тэрийэр үлэни араас өрүттээхтик ыыппыта. Ол түмүгэр бырайыак чахчы наадалааҕын, сабынар кыахтааҕын уонна федеральнай министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри кытта сөбүлэһии процедурата ааһарын итэҕэппитэ. Арассыыйа таһымнаах дьоһун күрэххэ кыайыы уонна анал бириэмийэни ылыы – биһиги кэлэктииппит эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ кыайыыта!” – диэн “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев бэлиэтээтэ.
“Бизнес Ньюс Медиа” АУо медиа-бөлөх олохтообут “Ведомости Импульс” тутулуга суох бириэмийэ кыайыылаахтарын дьүүллүүр сүбэ куоластаан быһаарда. Бэрэссэдээтэл – РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн тэриллэн үлэлиир Финансовай университет ректора Станислав Прокопьев.
Бириэмийэни маннык анал ааттарынан туттардылар: “Лучшее начало”, “Финансовое закрытие”, “Запуск года”, “Концессионер/Частный партнер – Чемпион года”, “Регион – Чемпион года”, “Банк – Чемпион года”, “Строительный подрядчик – Чемпион года”.
Күрэххэ Арассыыйа араас муннугуттан юридическай сирэйдэр бары кытталлар.
Ыспыраапка: “Саханефтегазсбыт” АУо уопсайа 19 филиаллаах. Балар Саха сирин нэһилиэнньэтин, тэрилтэлэрин ньиэп бородуукталарынан хааччыйаллар, мэктиэлээх соҕотох поставщик буолар. Тэрилтэ сыл аайы 200 тыһ. туоннаттан тахса, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар 35 тыһ. туонна ньиэп бородуукталарын тиэрдэр.