Киир

Киир

Алтынньы 23 күнүгэрноруодунай суруйааччы Василий Яковлев-Далан кэргэнигэр Яна Викторовна Алехинаҕа суруйбут суруктарын улахан кыыстара Ольга Анисимова Саха сирин тутаах бибилэтиэкэтин пуондатыгар бэлэх уунна. Бу суруктарга олоҕуран «Эйиэхэ эрэ…» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

DSC07353

Маны таһынан кини ийэтин тус бибилэтиэкэтиттэн биллиилээх суруйааччылар илии баттааһыннаах кинигэлэрин, Далан бастакы ыстатыйалара тахсыбыт хаһыаттарын уонна сэдэх хаартыскаларын биэрдэ. Кэллиэксийэни бибилэтиэкэ дириэктэри бастакы солбуйааччыта Василий Борисов тутта. Кини кэлиэксийэ үчүгэйдик хараллыа уонна сыыппараҕа көһөрүллүө диэн эрэннэрдэ.

DSC07472

Санатар буоллахха, былырыын Далан удьуордара Национальнай бибилэтиэкэҕэ суруйааччы тус бибилэтиэкэтиттэ докумуоннары биэрбиттэрэ. Онно 608 докумуон, ол иһигэр 3 илиинэн суруллубут альбом, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» 11 грампластинката, суруйааччы илии баттааһыннаах 60 тахса кинигэни, саха биллиилээх суруйааччылара С.П. Данилов, Е.П. Неймохов, С.Т. Руфов уонна да атыттар илии баттааһыннаах бэлэхтэммит кинигэлэри туттарбыттара.   

Сонун төрдө: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ

Санааҕын суруй