Бассаапка эрэ буолбакка, социальнай ситимнэргэ барыларыгар бу күннэргэ “Эт сыанатын маннык быстылар, Саха сирин бырабыыталыстыбатын Ыйааҕынан” диэн ынах, сылгы этин холунан-буутунан арааран, иһин-үөһүн сыаналарын ыйар информация тарҕанар.
Манныкка майгынныыр суруйуу сыл аайы тарҕанааччы. Быйылгыны күүһүрдэн дуу, киэргэтэн дуу, үөһэ өттө бырабыыталыстыба уурааҕа дэммит, аллараа өттүгэр “Министерство сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)” диэн нууччалаан тоһоҕолообуттар.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Н.С. Афанасьевтан “хаһааҥҥыттан сыана быһар буоллугут” диэн ыйыппыппытыгар: “Ити сымыйа информация, бэл, министиэристибэбит аатын сыыһа суруйбуттар. ТХМ сыана быспат. Сыананы оҥорон таһаарааччылар бэйэҕэ турар ороскуоттарыгар олоҕуран олохтууллар. Сыана туругун СӨ сыанаҕа кэмитиэтэ хонтуруоллуур. ТХМ үүккэ, эккэ, оҕуруот аһыгар оҥорон таһаарыы ороскуотун кыччатыыга субсидияны эрэ биэрэр”, - диэн быһаарда.
Олохтоох эт атыыга маассабайдык тахса илик. Дуоллар түһэн иһэр, оттон уматык сыанатын кыччатыы кыаллыбакка турар. Биһиэхэ т/х бородууксуйатын оҥорооччулар холбоһуктара суоҕа куһаҕан. Атын дойдуларга итинник холбоһуктар сыана быһаллар. Ол итэҕэтиилээх.
Хаартыска: Киин Куорат
Бэйэ кэр.