Үөһээ Дьааҥы Остуолба нэһилиэгин Ыыстаах диэн сиригэр “АЛГЫС” ТХПК сайыҥҥы хотонноох буолла. Титиик диэҕи киһи тыла да тахсыбат, бу тутууну арыйыы тэрээһинэ Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр сыһыаран ыытыллыбыта.
Тутууну Иннокентий Горохов салайааччылаах олохтоох биригээдэ туппут. Кэлэр сайыҥҥыттан манна 100 төбө ыанньык уонна ыччат сүөһү сайылыыр буолуоҕа. Кэпэрэтиип сайылык хотонугар сүөһүлэр өктөөп бастакы дэкээдэтигэр тиийэ туруохтарын сөп диэн суоттаналлар. Хотон – мэхэньээссийэлээх.
Туту үбүлээһинин кэпэрэтиип ТХМ нөҥүө куонкуруска кыайан ылбыт. Биллэн турар, хаһаайыстыба кыттыгас үбү укпут.
Кэрэхсэбиллээҕэ, кэлэр сылга Верхоянскай куоракка саҥалыы тииптээх, 120 төбөҕө суоттаммыт саҥа хотон уонна аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үүт собуота тутуллуохтаах. «Полюс Холода» кэпэрэтиип тустаах куонкуруһу ааһан, эбийиэк үбүлээһиниттэн аҥаарын тутан олорор.
Бэйэ кэр.