Ленскэй куоракка Былатыан Ойуунускай аатынан киин уулуссаны кыйа «Путь к реке» диэн саҥа сынньанар туона тутан арыйдылар. Манна сатыы, бэлэсипиэтинэн сылдьарга анаммыт суол, эрчиллэр тэриллэрдээх успуорт былаһаакката, скейт-паарка, воркауттар, искибиэрдэр уонна оҕо былаһааккалара бааллар.
Архитектура аччыгый формаларыгар, арт-эбийиэктэргэ, быыстапкалыыр истиэндэлэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна куорат устуоруйата уонна култуурата көстөр. Өлүөнэ өрүс кытылыгар амфитеатрдаах сцена, «Ворота алмазного края» арт-эбийиэктээх смотровой былаһаакка оҥорбуттар. Манна араас тэрээһиннэр: быыстапкалар, бэстибээллэр, бырааһынньыктар буолуохтара.
Ленскэй куоракка Былатыан Ойуунускай аатынан уулуссаны кэлимник сайыннарыы бырайыага табыгастаах куорат эйгэтин тэрийиигэ Бүтүн Арассыыйатааҕы VI күрэскэ «20 - 50 тыһыынча ахсааннаах нэһилиэнньэлээх аччыгый куораттар» хайысхаҕа кыайыылаах буолбута.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата