Кувейт Al-Jarida хаһыата суруйарынан, Ливан “Хезболла” диэ байыаннай бөлөҕө Эмиэрикэҕэ өскөтүн Газаҕа байыаннай дьайыылары сэтинньи 3 күнүгэр тохтоппотоххутуна, Израиль сэриилэрин таһаарбатаҕына, бүттүүн мобилизация биллэрэбит диэн ультиматум туруоран сааммыт. Ким сэриини күөттүүрүн билэр буоллаҕа. Ол аата бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр модьуйуулара туолбатаҕына, лиидэрдэрэ Хасан Насралла норуокка тыл этэр, онно бүттүүн мобилизация биллэрэн баран, Израилы утары сэриигэ киирэр.
“Хезболланы” толору Иран өйүүр, сэрии сэбинэн хааччыйар. Кинилэр Сирияҕа сэриилэспит улахан уопуттаахтар. Онон кутталлаах дьон диэххэ сөп да, Израилы кытта утары туран сэриилэспэтэхтэрэ.
“Хезболлаттан” ураты атын араап, ислам дойдулара Газаны көмүскэһэн сэриилэһэргэ тиэтэйбэттэр диэн бэҕэһээ суруйбуппут.
“Хезболлалар” да хайыыллара буолла. Салгыны сатарытан баран, ыраахтан ракетанан ытыалыы-ытыалыы олороллоро дуу?
Ити бириэмэҕэ Израиль бөөлүүн, ультиматум туолар күнүн көрсө, Газа секторы толору төгүрүйбүтүн биллэрдэ. Кинилэр Газаҕа киирэн хаһыс да хонуктарын сэриилии сылдьаллар. Элбэх ХАМАС тоннелларын үлтү тэптэрдибит дииллэр. Интернет Газаҕа быһыллан турар буолан, дьиҥнээхтии туох алдьархайа бара турара биллибэт.
Оттон Хамас киирсэ сылдьар быһыылаах. Байыастара сир анныттан тахса-тахса Израиль тааҥкаларын, куйахтаах тиэхиньикэтин илии гранатометтарынан ытыалаан уматалыы сылдьар пропагандисткай видеоларын тарҕатан, бэринэр санаата суоҕун биллэрэр.
Бүгүҥҥү күн элбэҕи быһаарыан сөп.
Бэйэ кэр.