Сэтинньи 5 – 15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл, саха омук өйүн-санаатын чулуу сирдьитэ Былатыан Ойуунскай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах декада биллэриллибитэ.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар сүрүн тэрээһиннэр сэтинньи 11 күнүгэр буолуохтара. Ол курдук, Орджоникидзе болуоссатыгар 11.00 чаастан үөрүүлээх миитин, Ойуунускай мэҥэ тааһыгар сибэкки ууруута ыытыллыаҕа. Тэрээһини «Тупсуу» оһуохайа түмүктүө.
Бырабыыталыстыба 1№-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар «Саха омук салбырҕастаах санаатын саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ...» төгүрүк остуол тэриллиэ. Манна билим, уопсастыбаннас, былаас бэрэстэбиитэллэрэ «100 сыллаах улуу былааҥҥа» Ойуунускай өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытыгар көрүүлэрин ырытыахтара, кини хаалларбыт духуобунай нэһилиэстибэтин хайдах харыстыыр, сайыннарар уонна тарҕатар туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
Саха сирин чулуу уолун үбүлүөйдээх сылын уруйдуур үөрүүлээх тэрээһин Саха тыйаатырыгар 17.00 саҕаланыаҕа. Тыйаатыр кэлэктиибэ Таатта түөрт аҕа ууһун төрүттээбит Кээрэкээн Ойуун туһунан «Кээрэкээн» испэктээги көрдөрүө.
Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр «Туймаада» аэропортка Дьокуускай олохтоохторо уонна ыалдьыттара Таатта улууһун педагогтарын уонна эдэр худуоһунньуктарын «Күнтэн күҥҥэ үрдүү-үүнэ туруохха!»быыстапкаларын көрүөхтэрин сөп. Маны сэргэ сэтинньи 11 күнүгэр «Мин устуоруйам» түмэлгэ «Ойуунускай уонна Мин» култуурунай-сырдатар тэрээһин буолуоҕа.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата